+ All Categories
Home > Documents > Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 ·...

Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 ·...

Date post: 30-Jan-2020
Category:
Upload: others
View: 19 times
Download: 0 times
Share this document with a friend
39
Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах Сахам мандар саңата…» Семен Данилов
Transcript
Page 1: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Ийэ тыл күнэ

«Кустук өңнөөх,

Кымыс сыттаах

Сахам мандар саңата…»

Семен Данилов

Page 2: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Олунньу 13 күнэ –

Төрөөбүт тыл уонна

сурук-бичик күнэ

Page 3: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Олунньу 13 күнэ –

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ

Семен Андреевич Новгородов –

саха норуотун улуу сырдатааччыта, сахалыы алфавиты

оҥорбут ученай-лингвист төрөөбүт күнэ

Page 4: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Саха бастакы президенэ М.Е.Николаев

1996 с. Ыйааҕынан

С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн - олунньу 13 күнүн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик Күнэ

диэн биллэрбитэ.

Ол сылтан бу кэрэ-бэлиэ күнү саха норуота киэҥ далааhыннаахтык бэлиэтиир.

Page 5: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

саха норуотун улуу сырдатааччыта, саха маассабай

суругун-бичигин төрүттээччи

Семен Андреевич Новгородов Бүлүүгэ кэлэн

учууталлаабыта быйыл 100 сыла буолар.

Page 6: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Кини кимий?

Семен Андреевич Новгородов –

•Саха саарына

•Саха норуотун улуу сырдатааччыта

•Сахалыы алпабыыты айбыта

•Саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи

•Сахалыы бастакы букубаары таhаарбыта

•Талааннаах лингвист

•Общественнай деятель

•Төлөннөөх патриот

•Саха национальнай оскуолатын төрүттээччи

Page 7: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

• С.А. Новгородов 1892 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр уруккута Боотуруускай улууhун (Чурапчы) 2-с Хатылы нэhилиэгэр (билиҥҥинэн Чурапчы улууhун Болтоҥо нэhилиэгэр) Чуораайытта алааска төрөөбүтэ.

• Олунньу 13 күнэ – саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист С.А. Новгородов

төрөөбүт күнэ.

• Олунньу 13 кунэ – төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ.

Page 8: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

С.А. Новгородов

төрөппүттэрэ Андрей

Александрович уонна Анна

Николаевна Новгородовтар диэн

үөрэҕэ суох, сүөhү иитиитинэн

байбыт дьон этилэр.

Сэмэн, кыра оҕо сылдьан,

билии-көрүү бастакы уруоктарын

аҕатыттан ылбыта. Аҕата 11

саастаах уолу, үөрэниэн баҕарарын

иhин, салгыы политсыылынай И.Т.

Цыценко чааhынай оскуолатыгар

биэрбитэ. Кини, икки сыл устата

реальнай училище программатынан

бэлэмнэнэн, 13 саастааҕар

Дьокуускайга үөрэнэ киирбитэ.

Page 9: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

1905-1912 сылга Дьокуускайга реальнай училищеҕа үөрэммитэ.

үөрэнэр кэмигэр төрөөбут норуотун историятын, культуратын,

фольклорун, тылын утумнаахтык үөрэппитэ.

«Саха саңата» диэн сахалыы тылынан бастакы

общественнай, политическай уонна литературнай уус-уран

сурунаал тахсарыгар улахан кыттыыны ылбыта. Төрөөбүт

норуотугар туhалаах киhи буолар туhунан маңнайгы оҕолуу

баҕата, улам күүhүрэн, бөҕөргөөн, кини кылгас гынан баран

чаҕылхай олоҕун бүттүүнүн соруга буола кубулуйбута.

Реальнай училищеҕа

Page 10: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Петербург куоракка

1913 сыллаахха Семен Андреевич Петербург университетын илиңңи тылларын факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Бэрт кыhамньылаахтык үөрэммитэ.

Тыл үөрэҕин уопсай теориятын, саха тылыгар уруулуу уонна чугас тюрк, монгол, тунгус-манчжур уонна да атын – барыта 25 омук тылын үөрэппитэ.

11 тылынан көңүл кэпсэтэр, быhаарсар, суруйар буолбута.

Page 11: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

1913 сыл ахсынньытыгар 21 саастаах студент

Семен Новгородов учууталлар Бүтүн Россиятааҕы

1-кы съезтэрин секциятыгар оҥорбут дакылаатынан

съезд икки пууннаах резолюцияны ылары

ситиспитэ:

1) «саха оскуолатыгар үөрэнээччилэри төрөөбүт

тылларынан үөрэтиэххэ наада»;

2) «Кэлэр өттүгэр.. тюрк-татар омук

үөрэнээччилэригэр саамай табыгастааҕынан

көрөн, уратылаах научнай методтары уонна

холобурдары туттар саха национальнай

оскуолатын тиибин үөскэтэргэ дьулуһуохха

наада».

Page 12: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

«Ноҕоруодап алфавита»

С.А. Новгородов – саха норуотун

улуу сырдатааччыта, саха суругун-

бичигин төрүттээччи.

Төрөөбүт норуотун хараҕын

арыйар баҕа, сайыннарар санаа

кини олоҕун эркээйитэ буолбута.

1917 сыллаахха, норуоттар икки

ардыларынааҕы фонетическай

транскрипцияҕа олоҕуран,

латынныы алфавит букваларын

туhанан, сахалыы саңа алфавиты

оңорбута.

Page 13: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

С.А. Новгородов - бастакы букубаар автора

Бастакы букубаар,

«Сахалыы сурук-бичик» диэн

ааттанан, 1917 сыллаахха балаҕан

ыйын 4 кунугэр 4000 экземплярынан

тахсыбыта.

1922 сыллаахха Дьокуускайга

С.А. Новгородов салалтатынан

бастакы букубаары тупсаран

оңоhуллубут «Бастааңңы сурук-

бичик» диэн букубаар 3300

экземплярынан бэчээттэнэн

тахсыбыта, саха тылын үөрэтэргэ

туттуллубута.

Page 14: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

1923 сыллаахха

Петроградка Семен Андреевич

сүүрэн-көтөн, типографияҕа

сахалыы алфавит шрибин

куттарар, ол түмүгэр «Ааҕар

кинигэ» 5000 экземплярынан

бэчээттэнэр.

Page 15: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Испиттэн эппэңнээн бардым,

Таспынан дьалкыйан бардым…

Этэр тылым

Эрэhэлээх иччитин,

Эгэлгэтин эриэнин

Иhиллээн туруң эрэ!

Yөскээбит кэскилим,

Төрөөбут соругум диэн

Саха эрэйдээххэ

Саргыны салайарга

Сананан сылдьабын,

Саңастарым барахсаттар!

Дьонум сордоохтору

Дьолго тиксэрэргэ

Дьоhуннанан сылдьабын,

Доҕотторум оҕолоро!

Ытык ырам

Ыттыйыа суоҕа,

Айыы санаам

Алдьаныа суоҕа,

Кэрэ санаам

Киэркэйэн биэриэ!

Төрөөбүт соругум

Саха урааңхай

Дьоло томтойуор,

Өрөгөйө үрдүөр,

Баайа барҕарыар,

Быйаңа дэлэйиэр,

Өйө-санаата уhуор,

Yөрэҕэ дириңиэр диэритин

Оңорбут оңоhуум

Ордук учугэй буолан иhиэ,

Тэрийбит тэрээhиним

Тэлгэнэн иhиэҕэ,

Санаабыт санаам

Сарсыарда аайы сайдан,

Күнүс аайы күүhүрэн,

Киэhэ аайы киэбирэн,

Түүн аайы түмүктэнэн иhиэҕэ,

Өйдөөбүт өйүм

Өҕүллүө суоҕа,

Эппит тылым

Экчи быhа

Мүччүрүйүө суоҕа!

C.А.Новгородов

Page 16: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Новгородов алфавитынан «Кыым» хаhыат,

бастакы литературнай сурунаал «Чолбон»,

нэhилиэнньэни үөрэхтээhиҤҤэ улуу

суолталаммыт туох баар үөрэх бастакы

кинигэлэрэ, букубаардар, учебниктар, пособиелар

– барыта 30-ча кинигэ уонна 200-тэн тахса

ааҕар кинигэ бэчээттэммитэ.

Уонунан тыhыынча үөрэҕэ суох саха дьоно

төрөөбүт тылларынан ааҕа-суруйа

үөрэммиттэрэ, бар дьон киэн туттар чаҕылхай

дьоммут уунэн тахсыбыттара.

Page 17: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Маҥнайгы чинчийээччилэр саха тылын туhунан

этиилэрэ

«Саха тыла муора курдук муҥура суох баай…»

Эдуард Карлович Пекарскай - «Саха тылын тылдьыта»

үлэ автора

«Сказочный якутский язык отличается

какой-то особой нарядностью, яркостью,

щеголеватостью, полный приставок и

завитушек.» В.Л. Серошевский – автор монографии «Якуты»

Page 18: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Саха тыла – аан дойду үрдүнэн

тарҕаммыт отучча ахсааннаах түүр

тылларыттан биир саамай

былыргылара…

Ю.И.Васильев – Дьаргыстай

Page 19: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Тыл туhунан өс хоhоонноро:

•Тыл – норуот тыына.

•Тыл – олох муудараhа.

•Тыл – киhи ис дууhатын кэрэhитэ.

•Сиэрдээх тылы утарар кытаанах.

•Киhи тыла - уот.

•Киhи тыла уоттааҕар абытай.

•Тыл сүрэ уот буолар.

Page 20: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Тыл туhунан өс хоhоонноро:

Киhи тыла - ох.

Киhи тыла охтооҕор сытыы.

Ох тыл уотунан салыыр.

Бар дьон тыла- ох, санаата- батас.

Киhи тыла- батыйа.

Сүгэ-балта тыл.

Тыл - эрдии, киhи – оңочо.

Page 21: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Тыл туhунан өс хоhоонноро:

•Тыл уңуоҕа суох.

•Киhи тыла сүүс көhү саба сүүрэр.

•Киhи тыла сэттээх, киhи тыла сүлүhүннээх.

•Киhи тыла иччилээх.

•Куhаҕан тылтан бэл от- мас хагдарыйар.

•Эппит тыллааҕар эппэтэх тыл ордук.

•Уус тыл уу күүhэ күүстээх.

•Алгыс баhа сыалаах, кырыыс баhа хааннаах.

Алгыска оннооҕор абааhы ахсыыр.

Page 22: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Сахалыы саІа,

Саха үөрэҕэ

Салааланан сайдан

Сандааран таҕыстын!

А.И. Софронов – Алампа

Page 23: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Cаха омук тыла үрүйэ уутун курдук сэргэх, сир

симэҕин курдук сиэдэрэй

Амма Аччыгыйа

Page 24: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Өс хоhооно

Page 25: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Үлэ

Page 26: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Хайа да омук сайдарыгар,

үрдээн -үүнэн тахсарыгар ханна

даҕаны кирилиэhин маңнайгы

үктэлэ буолара - норуот ырыата,

норуот олоҥхото.

Ырыаҕа – олоҥхоҕо саамай

сыаналааҕа диэн баар – тылын күүhэ,

дьүhүнүн күүhэ, этиитин күүhэ…

Саха тыла cайдыан баҕарабын,

сайдыа диэн эрэнэбин.

П.А.Ойуунускай

Page 27: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Биhиги ийэ тылбыт - дууhаны

долгутар, өйү үлүhүтэр күүстээх-

кыахтаах, имэІнээх- илбистээх кэрэ-

дьикти тыл!

Күннүк Уурастыырап

Page 28: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Киhи өйө, иэйиитэ, уйулҕата уонна

сэрэйэр дьоҕура (интуицията)

муІутуурдук үлэлиир, толкуйа тобуллар, айар

кыаҕа уhуктар усулуобуйата - төрөөбүт

тылыгар.

Г.Г.Филиппов, филологическай наука доктора,

профессор

Page 29: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 30: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 31: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 32: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 33: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 34: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 35: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 36: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 37: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 38: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн
Page 39: Ийэ тыл күнэ «Кустук өңнөөх, Кымыс сыттаах · 2016-09-02 · 1996 с. Ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн

Recommended